Иһинээҕитигэр көс

Виталий Очиров

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Виталий Очиров - Таатта Харбалааҕыттан төрүттээх саха ырыаһыта. Ырыалара: «Күн киһим», «Айыыларым арчылааҥ», «Ыллыктар», «Мичилий мичилий»

Ырыаһыт туһунан

[уларыт]
  •  

 Бэрдьигэстээххэ ситиһиилээхтик кэнсиэрдээн баран, сарсыҥҥытыгар кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар, толору залга кэнсиэрин ортотугар тиийиитэ, таһырдьа кубулҕаттаах кулун тутар обургу добун буурҕаны түһэрбит. Кэнсиэртии турар саалатын иһигэр кытары аргыйан ааһыталаабыт. Ону кытары уоттара баран хаалбыт. Көрөөччүлэр телефоннарын фанаарын холбообуттар. Виталий ороһуйбакка эт куолаһынан олоҥхолоон, тойуктаан доллоһуппут, хоһоон аахпыт, айар үлэтин туһунан кэпсээн кэккэлэппит. Ол кэмҥэ кулууп үлэһиттэрэ Уйбаан Уйбаанабыс Тулааһынабы, байааннаах булан аҕалбыттар. Дьэ доҕоор байаан алыптаах, тыыннаах дорҕооно саала иһин кэрэтик тыаһаан толорон кэбиспит. Өрүү улахан тыас-уус, уот-күөс, ньиргиэр курдук буолуо дуо, байаан тыаһа барахсан. Оттон Виталий микрофона суох эт куолаһынан ырыаларын биир биир көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллатан ыллаан, кылыһаҕа истээччилэр куттарын туппут. Бу манна даҕатан эттэххэ Уйбаан Тулааһынап байаан профессора буоларын дьиҥ-чахчы Бүлүүтүн дьонугар бигэргэтэн, улахан биһирэбили, хайҕабылы ылыан ылбыт.

  Василий Гоголев -Уйулҕан, 12. 03. 2019