Василина Попова

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Василина ПоповаДьокуускайга олорор, үлэлиир суруналыыс, уйулҕаһыт (психолог).

  •  

Бэйэни таҥнарыы – саамай улахан таҥнарыы. «Мин кимминий?» диэн олус улахан, бардар бара турар иэнэ көстүбэт ыйытыы баар. Манна эн төрүт тылыҥ сүҥкэн суолталаах. Тыл тирэҕи биэрэр. Оттон тирэх диэн – ис турук. Турук диэн бэйэҥ төрөөбүт тылыҥ. Төрөөбүт тылбыт тапталы уһугуннарар, тапталга бигиир. Олох тапталтан таҥыллан турар. Таҥнарымыаҕыҥ – бэйэбитин, ис идеалбытын уонна төрөөбүт төрүт тылбытын! Оттон тугу эрэ куоттарбыппын, сыыһа, мүлчү туттубуппун диэн билинэр буоллахха, ити үчүгэй өрүт. Үчүгэй дии, өйдөөбүккүн. Аны көннөр диэн. Бэйэҕэр, оҕоҕор, сиэҥҥэр. Олох олорорбут тухары саҥаттан саҥа күүс, кыах көстөн иһэр ээ.

  Биир таҥнарыы иккиһи соһор… Aartyk.ru
  •  

Төрүт тылларын баардылыыр, хос үөрэтэр, ийэ тылларыгар эргиллэр дьону олус ытыктыы, хайгыы көрөбүн.

  Биир таҥнарыы иккиһи соһор… Aartyk.ru