Иһинээҕитигэр көс

Василий Леонтьев

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  •  

... Никифоров драмата “Манчаары түөкүн”: бииринэн, хайа да драма сурулла илигинэ суруллан саха прозатын төрүттээбитин быһыытынан, иккиһинэн, баай батталын кордөрөн дьон санаатын революцияҕа кытыарарын иһин, үсүһүнэн, кини бэчээттэнэн тахсан саха драматын үөдүппүтүнэн, биһиги харахпытыгар, кини бэрт улахан суолталаах айымньы буолар. Ону биһиги умнуо суохтаахпыт, оттон суруйааччыны бэркэ диэн ытыктыахтаахпыт.

  — Революция иннинээҕи саха художественнай литературата //Саха кэскилэ, 1926, 3 №, сс. 88—90
  •  

Ити өлөн эрэр үйэҕэ Киһи өйүн күүһүнэн бэйэтин олоҕун кыайан оҥостубат эбит буоллаҕына, үөскээн эрэр үйэҕэ Киһи өйө Олох тутулугуттан төлөрүйэрин быһыытынан, Дьоллоох Олоҕун бэйэтин өйүн күүһүнэн салайыахтаах. Оччоҕо, поэт санаатынан, урукку өттүгэр “күлүк” буола сылдьыбыт киһи, өлөрүттэн тиллэрин кэриэтэ, күүһүрэн-уоҕуран тахсыахтаах..

  — Ойуунускай “Кыһыл Ойууна”. //Чолбон, 1927 с., 3, 4 №, 40—63 сс.