Иһинээҕитигэр көс

Будулҕан

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

БУДУЛҔАН (2 том, 478 479 страница).


1. аат. , кэпс.

1. Туох эмэ киһи тугу да кыайан көрбөтүн эбэтэр сатаан сылдьыбатын курдук өрө ытыллыыта, өрүкүйүүтэ, ытылҕана. Θ Взвихрение или сильный наплыв, движение какой-л. массы, чего-л. (напр. , пыли, тумана, воды и т. п. ), затрудняющее человеку видеть окружающее или совершать какие-л. действия. Буурҕа хаары көтүтэн күдээритэр будулҕанын ортотугар биир киһи_ _ кинилэргэ кэлэн иһэр. Н. Якутскай. Будулҕан бөҕө буолан кэллэ, Буордаах хаар тигинии типтэ. С. Васильев. Түүҥҥү будулҕан өрүкүйэн Куорат барыгын үллүйэр, Кини үлэтиттэн дьэ кэлэр Чуҥкуйан турар дьиэтигэр. И. Чаҕылҕан. Оччоҕо, күүстээх сүүрүктээх үрэх будулҕаныгар түбэһэн баран, икки биэрэктэн биирдэригэр тиксиэхтээххин. Суорун Омоллоон.

2. Киһи өйүн-төйүн кыайан булуммат ытылҕана, аймалҕана, быһылаана. Θ Большая суматоха, неразбериха, в которой человеку трудно разобраться. Дьоннор охсуһуу будулҕаныгар төһө бириэмэ ааспытын олох да умнан кэбистилэр. С. Никифоров. Дьоннор будулҕаннарыгар буолан кини тылын үгүстэрэ өйдөөн да истибэтэхтэрэ. Д. Таас. Ити курдук Тайҕа эбэ хотуҥҥа сүүрбэ үс сылы быһа олох хара будулҕаныгар ытылла сылдьан, эдэр сааспын бараан эрдэхпинэ, ыраахтааҕы уһуллубута. Эрилик Эристиин.

2. даҕ. суолт.

1. Киһи тугу да кыайан көрбөтүн эбэтэр сатаан сылдьыбатын курдук өрө ытыллар, өрүкүйэр; ытылҕаннаах (хол. , силлиэни, туманы, сүүрүгү этэргэ). Θ Густой и кружащийся вихрем или бурливый, кипучий (о вихре, тумане, течении и т. п. ). Будулҕан туман. Будулҕан буурҕа. Будулҕан буруо. Будулҕан долгун. Будулҕан сүүрүк.  Yс ыйы мэлдьи туман быыһыгар кирийэн турбут куорат, бүгүн аан маҥнай будулҕан бүрэдэһинин хастыы анньан, бэйэтин толору киэбин-таһаатын_ _ тэниччи тардан кэбистэ. В. Яковлев. Будулҕан буруо ортотуттан фашистар, бу барыс гына түһээт, мэлис гыналлар - буору уобаллар. С. Никифоров. Инньэ диэт күөллэри күөннэрин күллэрдэ, Өрүскэ үлүскэн сүүрүгү мөхтөрдө, Муораҕа будулҕан долгуну туруорда, Байҕалга баргыһар бааллары хамсатта! П. Тобуруокап.

// Өрүкүйэр силлиэлээх, туманнаах. Θ С бушующей бурей, туманами (напр. , о море, океане, о сильных морозах и т. п. ). Кини бэйэлээх [Ый төрөөбүт ытык хайатын] будулҕан дьыбарын Буркунугар буккуллан, Эрэһэтигэр эриллэн Иитиллибит эбит! С. Зверев. Туманнаах будулҕан тымныылаах Дьокуускай куораттан турбутум, - Сырыыттан, үлэттэн сылайан, Сынньана Кавказтаан иһэбин. Күннүк Уурастыырап. Буурҕа-тыал, хаһыыра ытаа, бар Бу тымныы будулҕан киэһэҕэ. С. Тарасов.

2. Киһи өйүн-төйүн кыайан булуммат ытылҕаннаах, быһылааннаах. Θ Полный большой неразберихи, бедствий, перипетий (напр. , о войне, о временах войны). Уот будулҕан дьыллартан мин баар курдукпун, Фашизмы самнарбыт өрөгөйдөөх күммүтүгэр Мин Кыайыы былааҕын рейхстаг үрдүгэр Күөрэтэн күндээрдэ анньыспыт курдукпун. М. Ефимов.