Иһинээҕитигэр көс

Биики Домох:Күрэс:2018.08.16

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Кырачаан күрэс ыытан эрэбит.

Бүгүҥҥүттэн, ол аата атырдьах ыйын 16 күнүттэн, атырдьах ыйын 20 күнүгэр түүн 12 чааска диэри ордук элбэх ыстатыйаны суруйбут киһи кыайыылаах аатырыаҕа!

Быһыы Киинэ диэн тэрилтэ Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын саҥа тахсыбыт 14-с туомун туттарыаҕа.

Күрэскэ ким баҕалаах кыттар. Бэлиэтэнэр (регистрация) ордук, оччоҕо суруйбуккутун дакаастыырга да табыгастаах, кыайыылааҕы да быһаарарга судургу буолуо.

Болҕой!: Саҥа ыстатыйалар эрэ ааҕыллаллар! Баар ыстатыйаны тупсарыы биһирэнэр эрээри, бу күрэскэ ааҕыллыбат, түмүгэр дьайбат.

Күрэс түмүгэ

[уларыт]

Биэс хонукка күрэс иһинэн саҥа 7 ыстатыйа саҕаланна (Кытай, Борис Попов, Алексеев Михаил Андреевич, Сардаана Амгинская, Василий Яковлев – ДАЛАН, Гаврил Адамов - КЫНАТ, Ксенофонт Уткин-НҮҺҮЛГЭН). Ону тэҥэ күрэс кэмигэр 24 ыстатыйа тупсарылынна.

Кыайыылаах 4 саҥа ыстатыйаны суруйбут Кыттааччы:Күндэли буолла. Эҕэрдэлиибит!

Бирииһи тоҕоостоох кэмҥэ туттарыахпыт.