Баһылай Бырдьахаанап
Тас көрүҥэ
Протодьяконов Василий Никитич Бикипиэдьийэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
Баһылай Бырдьахаанап (Василий Никитич Протодьяконов) — Таатта Чөркөөҕүттэн төрүттээх саха тылын биллиилээх чинчийээччи учуонайа, литэрэтиирэ кириитигэ, бэйиэтэ.
Омук күүһэ — өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар. | |
— Айар тыл уоттаннын!!! Тыл илбиhэ төлөннөннүн!!!": Кэм – Литература - Төрүт үгэс туhунан санаалар. - Дьокуускай: Бичик, 2009 |
Ойуунускай айымньыларын уус-уран күүһэ — тылын ууһугар, образтара сахалыы чаҕылхайыгар. | |
— Саха суруйааччылара, 1994 |
Кулаковскай: омук омугу ахсаан өттүнэн симэлитэр куттала революция да кэнниттэн бэрт өр ааһыа суоҕа диэбит тыла билигин да тиллэ турар... Кулаковскай тыыннаах! | |
— Саха суруйааччылара, 1994 |
Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэмаҕа киллэрбит өтө көрүүлэрэ өссө хас үйэни уҥуордуохтара биллибэт. | |
— Саха суруйааччылара, 1994 |
А.Е.Кулаковскай норуотум иннэ диэн олорон ааспыт киһи. Олоҕун сүнньэ — ити. Ити суолтан кини олоҕун биир да мүччүргэннээх түгэнигэр туораабатаҕа. | |
— Саха суруйааччылара, 1994 |
- Үчүгэй кинигэ атахтаах буолар (кинигэни уоруу туһунан, Арчылан тылыттан)