Баишева-Федорова Людмила Алексеевна
Людмила Алексеевана Баишева-Федорова - ааптар-хомуйан оҥорооччу.
Саха өйдөбүлүнэн, буор - ийэ, халлаан - аҕа, уу - эбэ, уот - эhэ. Сир-дойду, эбэ, хайа, хара тыа барыта иччилээх. Эhэкээҥҥин Аан Уххан Тойону - уот иччитин аhата, кини нөҥүө ытык иччилэрдиин кэпсэтэ, кинилэртэн көрдөhө сылдьар буол. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.13 |
Баай хара тыа иччитэ Байанай, уу иччитэ Күө Боллох Тойон маанылаатахтарына, махтанан баран, сөп буоларгын эрэ ыл. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.13 |
Киhиэхэ саамай күндүтэ - "Биhигин ыйаабыт сирэ", төрөөбүт Ийэ дойдута. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16 |
Хас биирдии киhи дьиэ кэргэнин, иэримэ дьиэтин, Ийэ дойдутун көмүскүүр ытык иэстээх. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16 |
"Сурахтаах дойдугун, ааттаах алааскын" - биhиккин истиҥник таптаа, иитиллибит иэстээххин мэлдьи өйдөө. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16 |
Саха киhитэ төрөппүттэрин, норуотун, Ийэ дойдутун хаhан да таҥнарбат. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16 |
Мунньуллубут баай-дуол, үп-харчы, дьиэ-уот доуhуйууну аҕалар, ол эрээри киhини дьоллоох оҥорбот. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16 |
Дьол диэн киьи баҕа санаатын туолуута, онтон сүргэтэ муҥутуур көтөҕүллүүтэ. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16 |
Төрөппүттэр, оҕолор, сиэннэр - биир кэлим дьиэ кэргэн. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.21 |
Саха өйдөбүлүнэн, киhи ыал буоллаҕына эрэ бүтүн буолар, сулумах - киhи аҥаара. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.21 |
Таптал - киhи аймахха айылҕаттан бэриллибит ытык, дириҥ, ыраас иэйии. Икки киhи эрэ билиэхтээх уйан иэйиитин - тапталгын туора харахтан харыстаа, дьон сэргэ ортотугар уураhыма, куустуhума. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.23 |
Күнүү - моҕой, түөскэр уйалаама. Бэйэҕэр эрэлэ суоххун, тапталааххын итэҕэйбэккин туоhулуур. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.23 |
Кэргэгиҥ - кэнчээри ыччаккын тэнитээри олоҕуҥ суолун холбообут, саамай чугас уонна эрэллээх доҕоруҥ. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.23 |
Дьиэ кэргэн бөҕө буолуута кэргэнниилэр бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээхтэригэр тирэҕирэр. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.25 |
Төрүччүгүн үөрэт. Ийэҥ да, аҕаҥ да өттүттэн тоҕус көлүөнэни ааҕа билиэхтээххин. Сотору кэминэн эн эмиэ ол быстыбат ситим сорҕото буолуохтааххын өйдөө. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.36 |
Үлэҥ түмүгүттэн дуоhуйар буолуохтааххын. Оччоҕо эрэ таhаарыылаах улэhит буолуоҥ. | |
— Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.53 |