Багдарыын Сүлбэ
Багдарыын Сүлбэ - сир аатын, дьон аатын үөрэппит саха учуонайа.
Багдарыын Сүлбэ туһунан
[уларыт]Оччолорго Дьокуускайтан кэлэр-барар, ордук култуура үлэһиттэрэ, суруйааччылар Бүлүүгэ хомондьуруопкаҕа кэллэхтэринэ, Уйбаныаптары быһа ааспаттара. Хайаан да ирэ-хоро кэпсэтэн, чэйдээн, сэһэннэрин-сэппэннэрин суруйтаран бараллара. | |
— Багдарыын Сүлбэлиин Бүлүүгэ. Кыым, 2018.03.29, 12№, С.18, М. Гермогенова, ХИФУ бочуоттаах бэрэпиэссэрэ |
Багдарыын Сүлбэ - сүдү аат. Кини халыҥ баайа - хас эмэ сүүһүнэн тыһыынча сир-дойду, күөл-өрүс, өбүгэлэрбит сахалыы ааттара - топонимикаҕа, устуоруйаҕа, этнографияҕа, тыл үөрэҕэр өссө да үйэлэргэ туһалыы сытыаҕа. | |
— Багдарыын Сүлбэлиин Бүлүүгэ. Кыым, 2018.03.29, 12№, С.18, М. Гермогенова, ХИФУ бочуоттаах бэрэпиэссэрэ |
Училищебыт дириэктэрэ Багдарыын Сүлбэ барахсан биһиэхэ аҕалыы истиҥ сыһыаннааҕа. Дириэктэрбит киэдҥ билиилээх, дьоҥҥо-сргэҕэ истиҥ, боростуой сыһыаннаах буолан бэрээдэги кэһии тахсыбата... Мэлдьи уурбут-туппут курдук таҥныбыт, көбүс-көнө уҥуохтаах дириэктэрбитин ытыктыы да, толло да көрөрбүт... Училищщеҕа киирээри олус эрдэ кэлэн хаалбыт этим. Докумуоннарбын туттара киирбиппэр дириэктэр үөрэ көрсүбүтэ. Интринээккэ киириэхпэр диэри Михаил Спиридоновичтаахха олорбутум. Бэлэм аска, ичигэс дьиэҕэ ыйтан ордук олорбутум. Олус иллээх дьиэ кэргэн этэ, миигин оҕолорун курдук көрбүттэрэ. | |
— Аҕалыы истиҥ сыһыаннааҕа. Кыым, 2018.03.29, 12№, С.18, Евдокия Максимова, РСФСР үтүөлээх учуутала |
ССРС үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Мария Тимофеева дириэктэрин туһунан маннык ахтар: | |
— Аҕалыы истиҥ сыһыаннааҕа. Кыым, 2018.03.29, 12№, С.18, Евдокия Максимова, РСФСР үтүөлээх учуутала, М. Гермогенова, ХИФУ бочуоттаах бэрэпиэссэрэ |
{{Q|