Иһинээҕитигэр көс

Убаарыскай

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: А. Убаарыскай көстө)

Убаарыскай (1800—1861) — сахалыы бастакы тиэкистэри суруйбут киһи.

Сытааталар

[уларыт]
  •  

Саха дойдута мин төрүөбүт сирим, Саха тыла мин төрүөбүт тылым
<…>

  — "Үтүөлээх тойон Отто Ныкалайабыс!", Саха аахсыытынан сэтинньи ый аҕыс саҥата
  •  

Иэс хаалбыта аҕыс тоҕус муҥ, оччоҕо бу улахан харчынан ааҕыллара.

  — "Ахтыылар", 1856
  •  

Үт турар Үт диэн ааттаах өрүс хаҥас кытыытыгар үрдүк хайа намтаан балай эрэ киэҥ апка буолан турар сиригэр. Бу сиртэн Лаамы байаҕалыгар диэри тоҕус көс.

  — "Ахтыылар", 1856. С.30, Дь, 2003
  •  

Дьиэлэниэҕин баҕарар Саха кыыһы талар атын омук нэһилиэҕэр. Кини бэйэтин нэһилиэгиттэн хатах да йахтар ылыаҕын хуолута суох

  — "Ахтыылар", 1856. С.55, Дь, 2003
  •  

Аны Саха чайа суох тэһийбэт: бары ордук үбүн атыылаан чай сахар иккини ылар; мантан алдьанар.

  — "Ахтыылар", 1856. С.54, Дь, 2003
  •  

Өлүү күлүгэ имил дьимил көстөр майгыламмыта, оол да гыннар бу мийигин куттаабатаҕа. Мийигин тэҥник куттаабатаҕа бу дойдуга эрэйгэ хаалар кэргэн: кини миэхэ суоҕа. Мин аһыммытым соҕотох туһата суох бэйэм да, киһилэрим да, эрэйбитин бачча сир уһугар тийэн төннөр кэмим учугаһаабытын гэннэ тутаах сирбэр туох да туһалааҕы көрбүппүн истибиппин этимнэ эрэн өлөрбүн.

  — "Ахтыылар", 1856. С.42, Дь, 2003

Убаарыскай туһунан сытааталар

[уларыт]
  •  

Ханнык баҕарар тылынан бастакы айымньыны суруйбут киһи аата норуотун историятыгар үйэ-саас тухары мэҥэ өйдөбүнньүк буолан киирэр.

  — Ю.И.Васильев-Дьаргыстай, Л.В. Жожикова [1]
  •  

Ийэтэ Екатерина Егоровна уолун төрөөбүт ийэ тылын бары баайыгар, эгэлгэ сиэдэрэй өҥүгэр, уус-уран айымньытыгар үөрэппитэ.

  — Ю.И.Васильев-Дьаргыстай, Л.В. Жожикова

Быһаарыылар

[уларыт]
  1. А.Я. Уваровскай уонна кини "Ахтыылара" // Ахтыылар/А.Я. Уваровскай; Хомуйан оҥордулар Ю.И.Васильев, Л.В. Жожикова. Дьокуускай: Бичик, 2003. - 208 с., ISBN 5-7696-1554-0