Иһинээҕитигэр көс

Арыгы

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Арыгыга сыһыаннаах хоһооннор

[уларыт]
  •  

Айманар сайманар,
Булкуллан-тэлкиллэн,
Иэдэйэн-куудайан,
Иирэн-кутуран,
Салбаҥ санаа сарбыллан,
Улуу һанаа умуллан,
Албыҥҥа алкыттаран,
Кубулҕатка кучуттаран,
Дьээбэҕэ тэптэрэн,
Тиэрэ-таары тэбинэн,
Уруккуттан уларыйан,
Ол-бу буолан,
Оп-тобо һуох сылдьар
Олус да ороскуоттаах.

  Алампа. "Арыгыһыт киһи муҥнанара"
  •  

Күн айыылартан көҥүллэтиилээх,
Көбүөрүнэ суутуттан көрүүлээх
Күрүлүүр күүстээх,
Орулуур уохтаах,
Барылыыр бардамнаах...

  Өксөкүлээх Өлөксөй. "Арыгы"
  •  

Элбэх нэһилиэк
Сирин тохору тэнийдэ,
Улуус-улуус
Улаҕатын тохору тунуйда,
Сэттэ буолас
Иитии тохору сиэллэ.
Саха сирин барытын сабардаата,
Тоҥус сирин ордорбокко тунуйда,
Чукча сиригэр тиийэ чураадыйда.

  Өксөкүлээх Өлөксөй. "Арыгы"
  •  

Хата мин киһи
Күүстээх санаам дьэ күүрдэ,
Орой тымырым дьэ оҕуста,
Тардар тымырым дьэ татта!
Эрбэҕим эпчимирдэ,
Тиҥилэҕим тирэҕирдэ,
Түөһүм күүһүрдэ!

  Өксөкүлээх Өлөксөй. "Итирик бурсуй ырыата"
  •  

...ок-сиэ нии, оҕолоор,
бастара баһааннык балаҕадыйбыт,
сүрэхтэрэ сүрдээхтик мөхсүбүт,
тамахтара наһаа хаппыт,
эттэрэ иилэн ылбат гына илдьирийбит...

  Алампа. "Ороскуот төрдө онтон"
  •  

Илэ өйдөөх итэҕэстийэн эбитэ дуу
Итириктиир буолуоҕуттан ылата,
Арыгы абааһыта үөдүйэн, тарҕанан,
Айыы дьонуттан арахпакка алтыспыт.
Ыарыы, быһымах өлүү-сүтүү, дэҥ-оһол,
Төрүөттэригэр бигэтик олохсуйбут.
Кыдьык, дьаллык төрүттэрин туойбут,
Эстэр-быстар төрөппүтүнэн буолбут.
Арыгы, ас бастыҥын аатын ылбыт
Айхал, Уруй арыгыта суох ааспат эбит.
Өлүү-сүтүү өйдөбүлэ арыгынан туолбут,
Кыра да үөрүү, хомолто онно кыттыбыт
Тутахсыйбыты, туоххаһыйбыты, тулаайаҕы
Туохтан да үчүгэйдик эмтиибин дэммит.
Босхо бас буор урааҥхай эрэйдэммит
Кутун-сүрүн арыгыга ууран биэрбит.

  Уххан. "Арыгы абааһыта"
  •  

 Аҕас омуктар
Аҕалбыт астара
Арааһынай даҕаны
Алыптаах буолар эбит!
Улахан омуктар
Булбут утахтара
Олус даҕаны
Кубулҕаттаах буолар эбит!
Эрдэ үөскээбит омуктар
Эгэлгэлээх астара
Эҥин-эҥин даҕаны
Бэтиэхэлээх буолар эбит!...

  А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Арыгы.- Якутскай, 1978, С. 194