Артамонов Иннокентий Иванович

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Артамонов Иннокентий Иванович (1928-2006) - саха биллиилээх бэйиэтэ, норуот таптаан ыллыыр үгүс ырыаларын хоһоонун ааптара.


  •  

Илин ыраах сарыал кыыста,
Ырыа чыычаах үөһэ дайда,
Күммүт ойон, туман көттө,
Мүөттээх салгын саба биэрдэ.

Ырыа-тойук аргыс буолан
Үөрэ-көтө ыччат туойда,
Эдэр сүрэх күүскэ тэптэ,
Эрчим күрэх, үлэ күүрдэ.

  — ҮЛЭ КҮҮРДЭ