Иһинээҕитигэр көс

Арахсыы

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сомоҕо домохтор

[уларыт]

Атырдьах тииһинии арахсыбыттар

Өс хоһооно

[уларыт]
  •  

Арах диэхтээҕэр алакы буоллаҕа.

Айымньылартан

[уларыт]
  •  

Аппын түргэнник хаамтаран
Баартым сыырдаах алаастан,
Тиэргэҥҥэ сытан хаалтара
Санаарҕаабыт ынахтар.

  Арбита, Сулустан тохтубут хоһооннор, Көмүөл, Дьокуускай, 2011
  •  

 "Бүтэһик күммүтүгэр мин ас бэлэмнээбитим, күндү арыгы баара, ону туруорбутум. "Дьэ, манан биһиги ыал буолан бүттүбүт, мин барабын", - диэн эппитим. Ыалдьыттарбыт соһуйбуттара: "Хайа, тугун судургутай? Иирсибэккэ, этиспэккэ-охсуспакка олорон, ол туоххут быһыытай?" - диэн буолбута. Алампа: "Дьэ, оннук буолла", - диэбитэ".

  В.Г. Семенова, Алампа. С. 284
  •  

... Кэргэҥҥиттэн араҕыстыҥ да - буруйдаах эн буолаҕын. Ардыгар, арахсаҥҥын, бэйэҕин, кэргэҥҥин, оҕолоргун сортон-муҥтан быыһыырыҥ ахсааҥҥа ылыллыбат.
 

  Софрон Данилов. Сарсын эмиэ күн үүнүө. Олох тыгыалас тымыра. Талыллыбыт айымньылар. Дьокуускай,1994 С. 196
  •  

Арахсыы тапталга уокка тыал курдук: мөлтөҕү умуруорар, күүстээҕи күөдьүтэр.

  Куприн Александр Иванович