Анна Саввинова
Анна Саввинова-Дабайа - саха тылын уонна литэрэтиирэтин биллиилээх учуутала.
Хайдахтаах да ыар буруйдаах киһиэхэ ханан эрэ күлүм гынан ааһар сырдыгын умулуннарбакка, күөдьүтэн биэрэр буоллар, арааһа, киһитийэн, сиэр-майгы тупсан, буруйу оҥоруу лаппа аҕыйаан, биирдэ бэриллэр олоҕу дьон куттал-саатал быыһыгар олорбокко, көҥүллүк, чэпчэкитик олоруо этилэр... | |
— Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.67 |
Саас дэриэбинэҕэ дьиэ таһыттан сирэм күөх силигэ ситэн көҕөрүүтэ оннооҕор орой-мэник оҕо хараҕа оттомуран, ону-маны өйдөөн, кэрэхсээн көрөр кэмэ буолар. | |
— Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.68 |
Саха киһитэ уннуьуктаах уһун кыһын тыына, сэниэтэ быста сыһан баран иккис саҥа тыынын, күүһүн-күдэҕин ылынар кэмэ – сайын. | |
— Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.75 |
Олох барахсаҥҥа үтүө-мөкү холбуу өрүллэн сылдьаахтыыр буоллаҕа, ким хайдах сатыырынан, толкуйа тобулларынан олоҕун оҥостон эрдэҕэ. | |
— Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.95 |
Кэм-кэрдии барахсан тугу эмтээбэтэҕэ баарай, хайдахтаах да сырҕан бааһы оһорон кээһэр дууһа, сүрэх эмчитэ буоллаҕа. | |
— Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.96 |