Алексей Захарович Попов-Чаный Өлөксөй(Таатта олонхоһута)
Алексей Захарович Попов-Чаный Өлөксөй (1817 -1890 сс.). Баайаҕаҕа «Сахаар Алааһа», «Ч «Чалҕарыма» алаастарга төрөөн- үөскээн, олорон ааспыта. П.А.Ойуунускай ийэтинэн хос эһэтэ. Кини нэһилиэктэригэр аҕа баһылык буолан олорбут Минтэрэй, Борокуопай Ондуруоһаптарга, арыый кэлин Күттүкүс Мэхээлэ, Кууһума Уйбаан (Слепцовтар) диэн баайдарға саллар сааһын тухары бэдэрээккэ сылдьан, Орто Халыманан, Айаанынан сайын йын аайытын уонунан көтөл аттарынан ындыы көтөхсөн, суол сорун сототунан кэспит, эриирдээх айан эрэйин эҥэринэн, мун- наах айан муҥун муннунан тыырбыт, үөл мастан үөннээн синр, аһаах мастан астаан аһыыр үтүө эр бэрдэ киһи эбитэ үһү. Бу эмиэ бэйэтин кэмигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ балайда биллибит-көстүбүт ыллам ырыаһыт, толуу тойуксут, умсулҕаннаах олоҥхоһут киһи олорон ааспыт кэмэ олус эрдэтэ бэрдиттэн буолуо, хаһан эрэ уос номоҕо буолан аатыра сылдьыбыт дьоһун аата, суон сураҕа сыыйа сүтэн, умнуллан эрэрэ хомолтолоох.Чан Чаҥый Өлөксөй аҕата Хара Оҕо Сахаар эмиэ киэҥ сирдэринэн кэрийбит, ыраах Кытай сиригэр тиийэ ыырдаммыт, олус сытыы-хотуу, сыыдам сырыылаах, диринг, булугас өйдөөх, эмиэ ырыз- тойук аргыстаммыт, сэһэн сэпиэн сэтиилэммит киһи эбитэ үһү диэн кэпсииллэрэ. 1930-с сыллара биһиэхэ көһөн тиийэн ыаллаһа олорбут Иосиф Харитонович Попов диэн П.А.Ойуунускай таайа оҕон- ньор эһэтин Чаҥый Өлөксөй туһунан бу курдук ахтан аһарбыт- таах: «Ээ, ол мин эһэм Чаҥый Өлөксөй уончабын ситэ туола нликпинэ өлбүтэ. Үрэх бастарынан уһун айаннарга сылдьан, хаста да быстаран, кыл тыына эрэ ордуталаабытын, онно хайдах эрэйи-муҥу, сору көрбүтүн туһунан туой сэһэргиирэ. Ыраас сэбэ- рэлээх, оттону үрдүнэн уҥуохтаах, сытыы сирэйдээх-харахтаах киһи этэ. Төһө да сааһырдар ыаллар ыҥырдахтарына, эбэтэр сайын ыһыахтарга ыллыырын-туойарын истэрим, Кини ыллаа- таҕына адьас уу-чуумпу, дьөрү сахсырга да саҥата иһиллибэт буолара. Ыраас, хатан кылыһахтаах чаҥкынас куоластааҕа. Ол да иһин эһэбин Чаный Өлөксөй диэн хос ааттаабыттар этэ. Қини үс оҕотуттан кыыһа Кэтиринэ эрэ, ити билигин аатырар Ойуу- нускай эбэтэ аҕатын, эһэтин удьуордаан ырыаһыт, тойуксут буолбута. Чаный Өлөксөйү кытары өссө Бүөтүр, Силип, Дьэким диэн дьон төрөөбүттэрэ, үһүөн туох да идэтэ, дьоҕура суох туос ама дьоннор эбиттэрэ үһү. Мин хос эһэм Хара Оҕо Сахаар эһиги хос эһэҕит Ньыгылла Охонооһойу, Баалаан Өлөксөөндүрү кытары бииргэ төрөөбүт киһи. Баалаан Өлөксөөндүр куоракка ньуучча- ларга хас да сыл үлэлии-үлэлии үөрэнэн, суруйар, ааҕар буолан, Байаҕантай улууһун киинэ Томторго (Баайаҕаҕа) көһөрүн ситиспит, онтон да атын үгүс үтүөлэрдээх кнһи сурахтааҕа»,- диэн кини сэһэнин түмүктээбитэ. Уоһук оҕонньор бэйэтэ да ончу мэнээк киһи буолбатах бы- һыылааҕа. Өһө тэһиннэҕинэ олус киэн-куон сэһэннээх этэ. Кини уутуйан сэһэргээтэҕинэ, олорор олоппоһуттан тура эккирээт, бу курдук диэн бэйэтинэн үтүктэн көрдөрөрө-көрдөрө, санатын ула- рыта-тэлэритэ сылдьан кэпсиир үгэстээҕэ. Билинҥи кэмнэ үөскээ- битэ эбитэ буоллар, бука обу артыыс талааннаах киһи хаалла быһыылааҕа. Сиэн инитэ П.А.Ойуунускай бэйэтин ийэтин, эбэтин тустарынан эмиэ бэрт элбэҕи мээрилээн кэпсиирин, биһиги оччо- тооҕу оттомо суох уолаттар тыал тыаһын курдук истэрбитин би- лигин олус кэмсинэ, суохтуу саныыбын, Уоһук оҕонньор эһэтин эрэйдээх-буруйдаах олоҕун туһунан кэлин аҕатыттан сиһилии истибит буолан, олус элбэҕи ырыҥалаан кэпсиирин билигин адьас таһы умнан кэбиспиппин.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара