Иһинээҕитигэр көс

Абырах

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Арыгы абааһыта киһи аймаҕы эһэр биир уодаһыннаах албаһа. Искэр киирбит хара дьай иһийэн, им-ньим сыппат: арыгыҥ аһыыта, дьайыҥ дьайҕарыыта «утатан, ачыктаан», дьэ эбии өрө тиргиллэн, тииһигирэн туруо... Өссө да өчөһөн ороҥҥо сыттаххына, ордук уордайан уотутан уматыа. Ону умуллараары уһааттаах ууну уймахтыаҥ да, улаханнык туһаныаҥ суоҕа. Ол байаҕыҥ утаҕа ханыа, уоҕа харыа суоҕа. Ыксаан, ынчыктаан ыстакааҥҥын өҥүөйүөҥ, кураанах бутылкаҕыҥ таҥнрарыаҥ-таммах да суох. Оччоҕо сытан эрэ сыымайдыаҥ, олорон эрэ толкуйдуоҥ: эрэйдээх этигэс, буруйдаах булугас – син абырах көрдүүр сиргин тобулуон. Биир үрүүмкэ иннигэр бэдэргин бэрик биэриэҥ, иккис курууска туһугар тугуккун толук тутуон...

Булу улуу толугунан буолбут «этиппэт эмкин» искэр инэрбитиҥ кэннэ, кырдьык, бастаан утаа иһирдьэ олорор хара дьайа утаҕа ханан, үөнэ утуйан, арыый уоскуйан, намырыйан син күн диэки көрүөҥ, чыып-чаап диэҥ. Өр-өтөр буолуо суоҕа, дьэ өссө уоҕуран уһуктан: эбии сэтэрээн, иһиттэн имэҥирэн, таһыттан дьайыҥнанан өрө туруо, ийэлээх-аҕаҕар эппэтэх элэ-была тылган этитиэ, эрийгин эрэйдиэ, соргун сордуо, муҥҥун муҥнуо, муҥур уһуккар тиэрдиэ, күн дьиэки үстэ көрөр кэмиҥ бу үтүрүйэн кэлиэ. Оччоҕо эмиэ салгыы дьайыҥ үөнүн өлөрө аргыый аҕай хааман салбыҥныаҥ. Бу сырыыта туоххун толук уураҕын?...

Сигэлэр

[уларыт]
  • Барҕа санаам, сүбэ тылым / [бэчээккэ бэлэмнээтилэр В.Н Луковсков, Т.И Андросова, Н.П Андросова]. — Дьокуускай: Бичик, 2015. — 224с