Иһинээҕитигэр көс

Абрамов Николай Тихонович

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Николай Тихонович Абрамов — Таатта олоҥхоһута.

Тааттаттан биир эрдэтээги биллэр олонхоһуттар ахсааннарыгар Николай Тихонович Абрамовы киллэрэллэр. Кини 1820 сыллаахха Дьүлэй ууһугар «Кулуһуннаах» алааска төрөөбүтэ. Аҕата Тихон Григорьевич Абрамов нэһилиэгэр икки болдьоххо кинээстээбитэ. Бороҕонтон, Суотту нэһилиэгиттэн саха өйдөөҕүнэн, бөлөһүөгүнэн биллибит Сэһэн Ардьакыап кыра кыыһын ойох ылан, үс уолу Ньукулайы, Миитэрэйи уонна Хабырылланы төрөппүттэрэ. Кинилэртэн Ньукулай кэлин улаатан баран нууччалыы кыра үөрэхтэммитэ. Илин эҥэргэ суох саха былыргытын диринник билэр улуу сэһэнньит, ырыаһыт, олонхоһут киһи буолбута. Кини өрүс илин эҥэринээҕи улуустар былыргыларын адьас кинигэни ааҕа олорор курдук кэпсиирэ, сэһэргиирэ үһү. Инньэ гынан атын улуустар арыыйдалара олонхолоһо, сэһэн истэ Дьулэйгэ, Ньукулай Абрамовка кэлэллэрэ. Манна даҕатан аҕыннахха Таатта олонхоһуттара «Ньургун Боотур» олоҥхону бэйэ бэйэлэрин үтүктүспэккэ, тус-туспа уонча араас варианынан олонхолууллара.

Ньукулай Абрамов курдук сүдү сэһэнньит, олонхоһут, билгэһит уонна нэһилиэгэр кырата суох өҥөлөөх дьоннор урут да, билигин да тарбахха эрэ ааҕыллар, аҕыйахтар. Оттон кини инитэ Миискэ Абрамов Аал Луук маһы оҥорторон, сахалар ааттарын уйэтиттиспитэ да кырата суох өҥө дуу дии саныыбыт.

  •  

Адросов Е.А

  — [[]]