Абааһы уола

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Абааһы уола - олоҥхолорго, остуоруйаларга көстөр персонаж, аллараа дойду эдэр бухатыыра, үксүн айыы кыргыттарын ойох ыла сатыыр, уоран барар.

  •  

Аар-дьаалы! Алаатыгар эминэ-туомуй!

  Дьулуруйар Ньургун Боотур (Олоҥхо), Ойуунускай, 1932
  •  

Сыалдьыйа бүтэй
Сырдаахтаан көстөр
Сыаналаах сылаас этигэр
Сытан сыламныам этэ диэммин,
Көһүтэригэр
Көхсө кыараабыта буолуо диэммин,
Кэтэһэригэр
Кэтэҕэ көһүйбүтэ буолуо диэммин,
Кэбэлийэн-кэбэлийэн
Кэллим эбээт...

  — Дьулуруйар Ньургун Боотур (Олоҥхо), Ойуунускай, 1932