Иһинээҕитигэр көс

Аар тайҕам суугуна (Далан)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Киирии тыл

[уларыт]

Бу 1980 сыллаахха бэчээттэн тахсыбыт айымньыга Далан биһиги ол саҕана улахаҥҥа уурбат, аанньа ахтыбат боппуруоспутун - саха айылҕаҕа сыһыанын көрдөрөр. Сэһэн сүрүн геройа Лааһар сахалыы иитиилээх, сиэри-туому билэр, тутуһар киһи, булт угэһин, сиэрин-туомун туһунан элбэхтик этэр, кэпсиир, айылҕаны эмиэ тыынар-тыыннаах курдук саныыр.

Сэһэнтэн быһа тардыылар

[уларыт]
  • <<Бултуу сылдьан кыыһырсар куһаҕан>> (105).
  • <<Саха угэһин булка сылдьан мыыныллыбат. Булт таҥарата Байанай дэбдэҥ, үөрунньэҥ. Кинини хомотуоххун, ханыннарыаххын баҕарбат буоллаххына, төһөнү да бултаа - мыыммаккын. Байанай биэрэрин үөрэ-көтө ылаҕын. Дьонтон көҥөнүө суохтааххын. Хаһаанар эмиэ сыыьа. <<Байанай маннааҕар буолуоҕа биэриэ>> диэн, ыалларгыныын үөрэ-көтө үллэстэн, аһаан-сиэн иһэҕин>> (113).
  • <<Кырдьаҕас аатын олус үгүстүк ааттаабат баҕайыта, аны истэн тиийэн кэлиэ. Булка сылдьан мээмигэ, тыатааҕы, бөппөкө эҥин диэччилэр, оттон арҕаҕын кырдьаҕас алаһата, суолун көтөлө диэн ааттааччылар>> (93).
  • <<Тыатааҕы, кырдьаҕас истэр. Былыр булчуттар тыатааҕыны бултаатахтарына, атын киһиэхэ балыйаллар: <<Дьэ, эйигин ол түөкүн, холобур, Былаачай түөкун кэлэн кыайда. Иэстэһэр буоллаххына киниттэн иэстэс. Биһигини баалаама>>, - дии-дии астыыллар>> (93).
  • <<Булчут киһи көтөр тыһытын-атыырын билэн ытар баҕайыта... Сымыыт баттыыр куһу өлөрөр аньыы... Төрөөрү сылдьар, сымыыттаах куһу ытар булчукка табыла суох суол>> (131).
  • <<Айылҕа биир тайаҕынан дьадайбатаҕын да иһин, булду булт курдуу бултуохха буоллаҕа дии. Суор-тураах аһылыга оҥорбокко>> (139).
  • <<Ити мээмигэ өйүн көр. Туора Харах (киһи) кинини бэркэ күлүү-элэх оҥостуммута! Бука, киһиргээбитин иьин кэһэппитэ буолуо. Мэнээк тыллаһар ол курдук сэттээх-сэлээннээх>> (94).
  • <<Оннук этэ өбүгэлэр үгэстэрэ. Сымса, эр санаалаах буоллаххына эрэ табыллара>> (95).


  •  

Торообут торут буорум, эйигиттэн кэрэ, эйигиттэн учугэй, эйигиттэн быйаннаах ама туох баар буолуой? Эйигин мин ханнык да таас куораттка атастаьыам суога этэ.

  — (41)
  •  

Киэргэйэгин даганы, дойдум барахсан, ор буолан, ахтан кэллэххэ!

  — (16)
  •  

Сайылыкка ханна багарар утуйарын бэйэн конулун:дьиэгэ, ампаарга, багар, мас быыьыгар балаакка тарыдын-талбытын. Кыра эрдэхпитинэ биьиги ампаар урдугэр аьагас халлаанна утуйарбыт. Ол учугэй да буолар этэ! Дьонун утуйбуттарын кэннэ, атах сыгынньах аргыый сыбдыйан туьэн, сииктээх отунан суурэкэлиигин, конус устун котон кулугулдьуьэр тэмэлдьигээннэри эккирэтиьэгин, тирии кынаттары бултаьагын.

  — (36)
  •  

Кун киэьэриитэ ордук киэркэйэр биьиги сайылыкпыт!

  — (25)
  •  

Сарсыарда кун уоттаммытын кэннэ биирдэ тиритэн уьуктагын. Тыыннаах айылга тыыннаах олого!

  — (36)
  •  

Хонууттан охсуллубут от дьикти учугэй сыта дыргыйар. Охсуллубут оттон, кэрдиллибит мутукчаттан того итинник учугэй сыт кэлэрий? Сытыргаан, аьыйан диэн киьи сурэгин долгутаары дуо? Сана охсуллубут, сииктээх от урдугэр куолуьуйэбин. Илиибин быластаан бу куогу, бу дойдубун кууьа сатыыбын.

  — (41)


  •  

"- Пуд Ильич, учуутал хамнаьа кыра уонна билигин туох да авторитета суох идэ да буоллар..."

  — Бааска (27)
  •  

Авторитета суох диэн хайдах этэ5ин, до5ор. Учуутал- саамай утуе идэ. Ол биьиги, учууталлар, бэйэбит саныыр санаабаыт. Урут, ба5ар, эн сана учууталлаан эрэр кэмнэр оннук эбитэ буолуо, оттон аныгы киьи учууталы атын хара5ынан керер. Инженер, техник, научнай улэьит, летчик - ол билигин сыаналанар. Эн меккуьумэ, мин билэн этэбин. Учууталл эрэйдээх диэн"

  — (27) Кырдьа5ас учуутал Пуд Ильич учуутал

.

  •  

Билигин эдэр киьиэхэ учуутал улэтэ моднай профессия буолбатах. Кини бириэмэтэ ааспыта, куоракка олорор киьи оло5ор угус варианнаах буолла5ына табыллар. тыа сирин курдук бииринэн олорор сатаммат

  — (27)

.

  •  

Бааскаттан уерэхпитинэн теье да ордукпут иьин кини кэпсээниттн биьиги билинни олох туьунан билиибит хайдах эрэ олус тутах буолан, олус кинигэ киэнэ буолан та5ыста. Ба5ар, кини ол угус сиргэ сылдьыбытыттан буолуо. Онтон биьиги теье да урдук уерэхтэннэрбит, биир оскуола тэлгэьэтиттэн тахсыбатахпыт сытта5а. Пуд Ильич биир оскуола5а улэлээбитэ отуттан тахса сыл буолла5а. Онно хамнаьа да угус, снабженията да учугэй

  — (132)

.