Аадаҥ оҕонньор
Тас көрүҥэ
Силип тойоно Аадаҥ оҕонньор - нэһилиэк сиһэ. Ону ааһан, кинини бүтүн улуус даҕаны ытык кырдьаҕаһа диэххэ сөп. Арамаан оҕонньору, саба быраҕан, биэс сүүсчэкэ сүөһүлээх буолуо дииллэр. Аҕата, аатырбыт Накыйбах баай, муҥутаан, тоҕус сүүс тоҕус уон тоҕус сүөһүлэнэрэ үһү. Кини сааһын тухары биир тыһыынча сүөһүлэнэргэ мөккүһэн баран кыайбатах. Хаста да ойуун кыырдара сылдьыбыт. Саамай кэнники ойууна Уордаах Дьөһөгөйгө тыыннаах сылгыта үүрдэр диэн сүбэлээбит. Ону ылынан, Накыйбах Үрдүк Улаан диэн ааттаах атыырын бэйэтиниин сүүрбэ сэттэ үөрдээн (үс тоҕус сылгы оҥорон) тоҕус үрүҥ ураҕастаах киһинэн Хотонньо Дьаарбаҥкатын суолунан үрэх баһыгар кыйдаппыта үһү.