Тыл: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
9 устуруока: | 9 устуруока: | ||
* Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах |
* Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах |
||
* Эппит эйэҕэс тылыҥ үтүөнэн эргиллэн кэлиэҕэ. |
* Эппит эйэҕэс тылыҥ үтүөнэн эргиллэн кэлиэҕэ. |
||
* Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар. |
|||
==Сомоҕо домохтор== |
==Сомоҕо домохтор== |
08:10, 1 Ыам ыйын 2018 барыл
Тылга сыһыаннаах өс хоһоонноро
- Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах
- Киһи тыла – ох
- Киһи тыла уоттааҕар абытай
- Кыһыл тыл - байҕалы оломнуур.
- Эр киһи тыла биир
- Эн эппэтэҕиҥ – таҥара эппитэ буоллун
- Тыл барда – бас барда
- Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах
- Эппит эйэҕэс тылыҥ үтүөнэн эргиллэн кэлиэҕэ.
- Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар.
Сомоҕо домохтор
- тыл ааҕыс
- тыла айаҕар баппат, атаҕа суолга баппат
- тыла бара турар
- тыла бөлүөһүннэ (булдьуйда)
- тыла кыһыйар
- тыла өҕүллүбэт
- тыла-өһө тобуллар
- тыла өһүлүннэ (сөлүннэ)
- тыла суох барда
- тыла суох ыыт
- тыла тарпыт
- тыла тахсыбат
- тыла тиийэр
- тыла уҥуохтана илик
- тыла уһуктаммыт
- тыла халыҥ
- тылбай-өспөй буол
- тылбытын аҥардаһыах
- тылга иҥнэр (түбэһэр)
- тылга киллэр
- тылга олорт
- тылгар тур
- тылга тиис
- тылгын тылбыылаа
Хоһоонтон быһа тардыылар
Сүүрбэһис үйэ муммут | |
— Умсуура |
- ***
- Тэйэ-тэлэһийэ, ыраата түстэрбин эрэ,
- Атын дойдуга, атын эйгэҕэ өөр буолларбын эрэ —
- Соҕотох тылбын, төрөөбүт тылбын бүтэйдии ахтабын.
- Сахалыы сыыйа, наллаан сэһэргэһии минньигэһин,
- Урааҥхайдыы уран, уус тыл уйанын, хатанын,
- Ийэ тыл эккэ киирэн ититэрин, имэҥирдэрин
- Санаан кэллэрбин эрэ — санньы-курус уостабын, умуллабын.
- Майгым-сигилим маратыйа уларыйар.
- Ыарыы суоҕар ыарыы ынчыгынан тыынабын.
- Тылбын, төрөөбүт тылбын, сахалыы саҥабын суохтуубун.
- — Сиэн Кынат
- Куту-сүрү кууһар тылы,
- Сүрэхтэри аһар тылы,
- Иэйии буолан иҥэр тылы
- Ис дууһаҕын аһан саҥар.
- — К.Васильева
Тыл туһунан бэргэн этиилэр
- Өскө төрүт тылгын умнуоҥ -
Өнүйбэккэ ииниэҥ - хатыаҥ, Силис тардыах сиргин тумнуоҥ - Симэлийэн сүтэн барыаҥ. (Семен Руфов)