Сэмэн Руфов: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
40 устуруока: 40 устуруока:
*Туруорбах дьиэ аһылыга -
*Туруорбах дьиэ аһылыга -
*Туругурдун Улуу Мунду !
*Туругурдун Улуу Мунду !

***
* Киһи буолан олоруу-
* Айыы сиэрин тутуһуу:
* Туһалааҕы оҥоруу,
* Үтүө суолга дьулуһуу!

***
* Киһи туруйа буолбатах-
* Кими да, хаһан да таптыар сөп!


[[Category:Тылбаасчыттар]]
[[Category:Тылбаасчыттар]]

21:13, 25 Муус устар 2018 барыл

Сэмэн Руфов - саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт.

Туһаайыы хоһооннор, эпиграммалар

Гаврил Филипповка

  •  

Билии хаатын быһыытынан -
Бэрэпиэссэр Билиикэпкэ,
Сирэйинэн маҥанынан -
Силии курдук Силиикэпкэ...

  — Тыыннаах киһи тыыппалаах хомуурунньук, 2007
  •  

Хабырылла уола Хабырылла!
Арыт мөккүһэн хабырылла,
Кырдьык иннигэр кыһарылла,
Саха туһугар саҥарылла...
Хагдарыйбат ааты-суолу ылла
Хабырылла уола Хабырылла!

  — Тыыннаах киһи тыыппалаах хомуурунньук, 2007

Кэргэнигэр

  •  

Бэрт эмээхсин буолан баран,
Бэйи, тугу иирэҕин -
Оруо-маһы ортотунан
Онон-манан киирэҕин?

  — Тыыннаах киһи тыыппалаах хомуурунньук, 2007, "Бэйэҕиттэн", 191 с.
  •  

Истэҕиэн эн миигин, эмээхсиэн -
Иэдэйдим дии кырдьан, эмэх сиэн...

  — Тыыннаах киһи тыыппалаах хомуурунньук, 2007, "Күөрчэх ытыга", 197 с.
  •  

Өлбөт үөстээҕим миэнэ чуолкай,
Оттон алҕаска өлөн хаалыым, арай...

  — Тыыннаах киһи тыыппалаах хомуурунньук, 2007, "Эмиэ эмээхсиммэр", 1987 с.
  • Сир үрдүгэр,тыыннаах сааскар,
  • Киһи буолан ааспыт ааккар-
  • Төрөт төрөл уолаттарда,
  • Ууһат уран кыргыттарда!
  • Күөн туттабын сахабынан-
  • Түҥ былыргы саҥабынан.
  • Быйылгы да сахаларга
  • Былыргыттан ыла күндү,
  • Туруорбах дьиэ аһылыга -
  • Туругурдун Улуу Мунду !
  ***
  • Киһи буолан олоруу-
  • Айыы сиэрин тутуһуу:
  • Туһалааҕы оҥоруу,
  • Үтүө суолга дьулуһуу!
***
  • Киһи туруйа буолбатах-
  • Кими да, хаһан да таптыар сөп!