Олох

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Барыл 14:15, 28 Муус устар 2020; Maria.bogum (ырытыы | суруйуу)
(уратыта) ←Инники барыл | Билиҥҥи барыл (уратыта) | Аныгыскы барыл→ (уратыта)

Олоххо сыһыаннаах сомоҕо домохтор[уларыт]

  • Олоҕо суоҕунан көрдө
  • Олоҕум аргыһа
  • Олоҕун биэрдэ
  • Олоҥхо олоҕо
  • Олорбуппут сыччах
  • Олорон биэр
  • Олох долгунугар оҕустарда
  • Олох очуругар оҕустарда
  • Олохтоох уутун утуйда

Олоххо сыһыаннаах өс хоһоонноро[уларыт]

  • Өрүс долгуннаах, олох очурдаах
  • Олох оҕо оонньуута буолбатах
  • Балык ыамнаах, киһи күннээх
  • Киһи иккитэ төрүөбэт
  • Күнүм буолла: күөнэҕим таҕыста
  • Күнэ да күөнэҕэ да буолбут
  • Күнүм буолла: күөрэгэйим ыллаата
  • Киһи аан дойдуга биирдэ төрүүр
  • Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук
  • Сыл диэн хонук
  • Мутугунан быраҕар муҥур үйэ
  • Саллар сааһым, үллэр үйэм
  • Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах

Олоххо сыһыаннаах саха суруйааччыларын этиилэрэ[уларыт]

  •  

Отон этим, оҕо этим,
Олох диэн тугун билбэт этим.

  Уйбаан Мигалкин
  •  

 Олох - өрүс, улуу өрүс
Умсугутар сүдү күүс!

  Наталья Харлампьева

Саха бөлүһүөктэрэ олох туһунан[уларыт]

  •  

Олох түптээх уонна түбэ суох буолар. Түп диэн бигэ төрүттээх буолуута ааттанар. Түптээх олох. Киһи бэйэтин кыаҕынан олоруохтаах. Ол аата сатыыр дьарыгынан, сөбүлүүр идэтинэн олоҕун оҥостуохтаах. Биир сиргэ-уокка, чопчу дойдуга тохтоон, онно тэнийэн, ууһаан иһиэхтээх.

  Дабыл. Бырамаҥҥа быралыйыы. Дь. Бичик, 2009