Иһинээҕитигэр көс

Уруу алгыһа

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Күндү оҕолорбут,

Бүгүн бу дьоллоох күҥҥэ,

Орто туруу-бараан дойдугутугар

Күндүр күөх халлаан анныгар

Күөх кырыска күөлэһийэ оонньообут

Оҕо сааскыт ааһа охсон,

Үрдүк Айыылартан ыйдаарбыт

Ытык ыйааххытынан

Ытык аналгытын толорунан,

Ытык иэскэтин төлүүр -

Ыал буолар дьоллоох түгэҥҥит

Бу тиийэн кэллэ.

Дьэ, оҕолорум,

Саха дьон олоҕо

Саргыланар салалтатынан,

Урааҥхай дьон олоҕо

Уйгуланар оҥоһуутунан

Алта кырыылаах

Алтан сэргэни анньан кэбиһиҥ,

Аҕыс кырыылаах

Алтан холумтаны арыйа тардан

Аал уоккутун оттон кэбиһиҥ,

Алаһа дьиэҕитин арчылааҥ,

Иэримэ дьиэҕитин иччилээҥ дуу!

Дьоллоох хоноххут анныгар

Уолн оҕонон уруйданыҥ,

Сылаас хоойгут иһигэр

Кыыс оҕонон айхалланыҥ.

Сыһыы-сыһыы аайытын

Сыспай сиэллээххит сырыстын,

Хонуу-хонуу аайытын

Хороҕор муостааххыт хонойдун дуу.

Унаар күөх буруоҕут

Унаар манан халлааҥҥа

Уһун үйэлэргэ унаарыйа устан

Уруу-аймах дьоҥҥутун

Угуйар, ыҥыра туруохтун дуу.

Аймах- хаан дьоҥҥут

Ата от курдук анньа туруохтун,

Уруу-хаан дьоҥҥут

Үнүр сүүрэн курдук

Уста - мустан иһиэхтин дуу.

Үрдүк Айыыларгыт үтүө санаалара

Алгыс сылаас тыына буолан

Айаҥҥыт аартыгар

Өрүү сайа сылдьыахтан.

Дьонноох - сэргэлээх,

Доҕордоох - атаастаах

Дьоллоох олоҕу олоруоҥ дуу,

Оҕолорум барахсаттар...

Сигэлэр

[уларыт]

Барҕа санаам эм, сүбэ тылым / [бэчээккэ бэлэмнээтилэр В. Н. Луковцев, Т. И. Андросов, Н. П. Андросова]. - Дьокуускай : Бичик, 2005.-224с. Стр 216