Иһинээҕитигэр көс

Тыл номохторо

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  • Баартан туһаныллыбат буолуллубат.
  • Балык суоҕар баҕа да балык.
  • Бөрөм бөтөһө, баҕам батаһа.
  • Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы.
  • Бэйэ алҕаһын бэйэ билиммэт.
  • Көҕөн көттөҕүнэ, чөккөй хаалбат.
  • Кырдьык күннээҕэр сырдык.
  • Оҕус тириитин иккитэ сүлбэттэр.
  • Саҥа дорҕоонноох, өс хоһооно киэргэллээх.
  • Сиэгэн сыыһа сиргэ быраҕыллыбат, буобура сыыһа буорга хаалбат.
  • Сытар киһи сыыспат, сылдьар киһи алҕаһыыр.
  • Тарбаххынан тал, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээ.
  • Тыл хаалыан кэриэтэ тыһыынча бардын.
  • Тылтан тыл тахсар, саҥаттан саҥа тахсар.
  • Үгүс тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс.
  • Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл.
  • Этэр тыл эгэлгэлээх, саҥарар саҥа салалталаах.