Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Курт Воннегут – АХШ суруйааччыта.
|
Мин уон биэстээхпэр биир ый археология хаһыытыгар сылдьыбытым. Арай биирдэ омурҕан кэмигэр биир археологтыын кэпсэттибит. Киһим эдэр дьонтон "эйигин билээри" куруук ыйытар ыйытыыларын биэрдэ. Күрэһинэн дьарыктанаҕын дуо, ханнык көрүҥү сөбүлүүгүнүй? Мин, суох, күрэһинэн дьарыктаммаппын, тыйаатырга үлэлиибин, хуорга ыллыыбын, скрипкаҕа уонна пианиноҕа оонньуубун, урут уруһуй уруоктарын ылар этим, диэтим. Оо, тоҕо бэрдэй! – диэн киһим үөрдэ. Мин онно эттим: «Ээ суох, мин ити дьарыктартан хайатыгар да уһулулуччу буолбатахпын ээ!»
Онно кини мин хаһан да умнубат тылларбын эппитэ, ол этиитэ өйбүн-санаабын төрдүттэн уларыппыта, тоҕо диэтэххэ ол түгэҥҥэ диэри ким да миэхэ итинниги этэ илигэ:
«Мин санаабар, тугу эрэ уһулуччулаахтык оҥоруу — онон дьарыктаныы соҕотох соруга буолбатах. Мин санаабар, эн элбэҕинэн дьарыктанан уһулуччулаах уопуту ылаҕын уонна эгэлгэ сатабыллары баһылыыгын, ол барыта эйигин үөрэтэр, дьон сэргиир киһитэ гынар, уонна тугу эрэ төһө үчүгэйдик оҥороргуттан тутулуга суох».
Кырдьыга, бу этии мин олохпун уларыппыта. Тоҕо диэтэххэ мин туох да талаана суох, дьоҥҥо тугу да уһулуччулааҕы көрдөрөрө суох киһиттэн, тугунан эрэ сэргээн, астынан туран дьарыктанар киһиэхэ кубулуйбутум. Мин улааппыт эйгэм ситиһиини эрэ өрө тутара, онно Талаан туһунан үһүйээн баһылыыра, ол иһин мин саныырбынан тугунан эрэ дьарыктаныы соҕотох соруктаах курдуга — хайаан да «кыайыахтааххын».
|