Көстөкүүн Туйаарыскай

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьячковскай Константин Николаевич-Туйаарыскай (03.06.1915—20.03.1976) — оҕолорго анаан суруйбут бэйиэт, суруналыыс, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

  • Сүөһү сүөһүтэ өтөөхтүүр.
  •  

Ийэтигэр күнү көтөҕөн биэрдэ
Итиэннэ илиитин тэбэннэ.
Иккитин туола илик Ньургустаан
Ийэтигэр итинник,
Күн көмүс кыырпаҕын
Көтөҕөн-уунан турардаах.

  •  

Кэри-куру, бааргын дуо? – Суохпун!
Өһөс-чоҕой, бааргын дуо? – Суохпун!
Атаах-тараах, бааргын дуо? – Суохпун!

  •  

-- Үүкэй, Үүкэй, Үүкэй,
Үүкэй, хантан кэллигит?
-- Эбэбиттэн кэллибит.
-- Эбэҥ тугу аһатта?
-- Үүт, сүөгэй иһэттэ,
-- Үөлбүт эти сиэттэ,
Ытыспытынан тас-тас,
Ыллыы-ыллыы охсон,
Үчүгэйдээн биэрдибит.
«Үүкэй, үүкэй», - диир эбэм.

  •  

-- Эбээ, эбээ,
Көтөх эрэ.
-- Айа, сылайдым.
Эн көтөх.
-- Эбээ,эбээ,
Кырдьык дуо?
-- Төбөҕүн уур,
Түһэхпэр уур.

  •  

Сайыҥҥыны таптаан,
Сайылыгы хайҕаан, —
Арҕас төбөлөөх
Алтан окко ыллааҥ!

  — Току-току, ньээм-ньээм!