Иһинээҕитигэр көс

Долгура

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Долгуура көстө)

Долгура-Попова Александра Лукинична — саха суруйааччыта, бэйиэт, учуутал, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

1983 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. СГУ СФКФ бүтэрбитэ.

Айымньыларыттан

[уларыт]
  •  

Бөҕү-сыыһы, куһаҕаҥҥын
Тамныы сатаама,
Ытаама-соҥоомо, хаһыытаама —
Бөх чабычаҕа аны суох.

  — Сүтэрсимиэх. Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.7
  •  

Улуулар сэмэйдэр.
Ама дьон ол иһин
Акаарыттан атыннык ааттаабат.

  — Сүтэрсимиэх. Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.7
  •  

Сүрэххэ сөҥмүтү
Сүгэнэн сүлбэккин,
Хааҥҥа хаалбыты
Хамыйаҕынан баспаккын.

  — Сүтэрсимиэх. Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.22
  •  

Айыы да, абааһы да
Киһи иһигэр тэҥинэн баао.
Кими истэрин киһи барахсан
Бэйэтэ талар - ыарахана сүр.

  — Сүтэрсимиэх. Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.34
  •  

Көрдүөх, сэгэриэм, сулустары.

  — Сүтэрсимиэх. Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.66
  •  

Эн суоххар
Сүүс араас санааны
Суһуохпар сөрүүбүн.

  — Сүтэрсимиэх. Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.69