Иһинээҕитигэр көс

Бар дьон баҕа санаата

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  • Аан дойду ахтылҕаннаах, бар дьон санабыллаах.
  • Ааспыкка аһы көрдөрүмэ, сыгынньахха таҥаһы көрдөрүмэ, тоҥмукка уоту көрдөрүмэ.
  • Ааттаспыт аам-дьаамы алдьатар, күүһүлэспит күүдээк даа күүһүн кыайбат.
  • Ааттаһар даа ахсааннаах, көрдөһөр даа күттүөннээх.
  • Алгыс аалы көтөҕөр.
  • Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
  • Аҕыйах тыл - минньигэс, элбэх тыл - сымсах.
  • Аман өс.
  • Атыллыах иннинэ атаҕыҥ аннын көр.
  • Баайбын диэн баҕыдыйыма, дьадаҥыбын диэн сэнэнимэ.
  • Баайы кытта мөккүһүмэ, быһыйы кытта сыссыма.
  • Баастаах бааһын тарбаама.
  • Балык ыамнаах, киһи күннээх.
  • Бар дьон тыла - ох, санаата - батас.
  • Биир тыл минньигэс, биэс тыл сымсах.
  • Истиҥ иһирэх тыл.
  • Иэгэйэр икки атахтаах бары тыллаах.
  • Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраан билсэр.
  • Киһи сырыттаҕына сырыттым диир.
  • Киһи тыла дугаҕа баайыллыбат чуораан буолбатах.
  • Киһи тыла - ох, санаата - батас.
  • Киһи тыла - охтооҕор сытыы.
  • Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.
  • Киһи тыла уоттааҕар абытай.
  • Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэкис гынарын курдук.
  • Киһи үтүөтэ өллөҕүнэ биллэр.
  • Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
  • Кырдьаҕастан алгыһын ыл, эдэртэн эйэтин ыл.
  • Кырдьаҕаһы хааһахха хаайа сыддьан сүбэлэт.
  • Кэриэс кэс тыл.
  • Кэһиллибэт кэс тыл.
  • Кэскиллээх кэс тыл.
  • Киһи иккитэ төрүөбэт
  • Киһи киэнигэр баҕарыма — бэйэҥ киэниттэн матыаҥ
  • Киһи ойоҕо ойох буолбат
  • Киһи ата ат буолбат
  • Киһи сырыттаҕына сырыттым диир
  • Киһи - хабахтаах хаан
  • Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэкис гынарын курдук
  • Киһи үтүөтэ өллөҕүнэ биллэр
  • Киэҥ үрэх чэлгиэннээх, уһун үрэх уорааннаах
  • Көҕөн көттөҕүнэ чуркуй (чыркый) хаалбат
  • Көлүүрдээх оҕус от хаата, үлэ киһитэ ас хаата
  • Көтөр түспэтэх маһа суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох
  • Кулгаах хаалыа, муос үүнүө
  • Курдьаҕаҕын хомун, кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин
  • Кураанах хамыйах айахха баппат
  • Курдаттыыбын диэн төгүрүйүөҥ
  • Куһаҕан кутуруктаах
  • Куһаҕантан куһаҕан тахсар, үтүөттэн үтүө тахсар
  • Куһаҕантан буор тохтор
  • Куһаҕан сымыйа буолбат
  • Лоп гына догобуор, эттиҥ да этириэс.
  • Одьолууну ойохтонума, кииринньэҥҥэ кииримэ.
  • Ох-батыйа тыл.
  • Оччугуй улааттын, көтөх уойдун (көһүт).
  • Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр.
  • Саҥарыан иннинэ санаан көр, тоҥсуйуон иннинэ толкуйдаан көр.
  • Соҕотох тыл сокуон, аҥаардас тыл ачастаат, биир тыл бирисээгэ.
  • Сүбэ сүүрүгү тутар.
  • Сүгэ балта - тыл.
  • Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.
  • Сүөһү күрүөлээҕэ үчүгэй, киһи бастааҕа үчүгэй.
  • Сыҥааҕыҥ сыаланнын, айаҕыҥ арыыланнын.
  • Сэһэн сиэрдээх, олоҥхо олохтоох.
  • Тыл дьыалаттан арахсыбат.
  • Тыл тыалга быраҕыллыбат.
  • Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук.
  • Улуу дойду оспуостаах, аан дайды аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах.
  • Уол оҕо ойдоох бууру охтордоҕуна олоҕо тупсар, арҕахтаах эһэни самнардаҕына санаата табыллар.
  • Уол оҕо саадаҕын үстэ курданан (эбэтэр ыйаан) баран киһи буолар.
  • Үтүө ат - биир кымньыылаах, үтүө киһи - биир тыллаах.
  • Үтүө тылтан ким да тахсыбат.
  • Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл.
  • Хайа доҕоор, кугас ыт холун кыбынаайаҕын.
  • Хой баһа тыл.
  • Хоммут уоһа хоҥунна, өрөөбүт уоһа өһүлүннэ.
  • Хомурах хоммотох сирэ суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох
  • Ырыа курдук ыпсар, тойук курдук тупсар.
  • Эдэрбин диэн эрэнимэ — кырдьаҕаспын диэн кыбыстыма — (түүнүмэ).
  • Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар.
  • Эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт.
  • Эр киһи тыла биир.
  • Эрэннэрбити толорортон ордук эрэйдээх суох.
  • Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.