Биики Домох:Суолта

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: БД:Суолта көстө)

Сирэй суолтата[уларыт]

Аан бастаан сирэй тиэмэтин суолтатын көрөбүт (киһи, айымньы эбтэр тиэмэ). Суолтатын тас төрүттэринэн (источниктарынан) бигэргэтэр ирдэнэр. «Биики Домох» кыттааччыларын биир санааҕа кэлиилэрэ тиэмэни суолталаах гынар кыаҕа суох.

  • Сирэй «Бикипиэдьийэҕэ» суолталаах буоллаҕына, манна эмиэ суолталаах.
  • Ааптар суолталааҕынан билиниллэр буоллаҕына айымньыта эмиэ суолталааҕынан билиниллэр, ол аата онтон быһа тардыылар эмиэ суолталаахтар.
  • Сирэй тиэмэтэ «Бикипиэдьийэҕэ» суолтаны ылбат буоллаҕына, манна эмиэ суолтаны ылбат.

Быһаарыы. Сирэй «Бикипиэдьиэйэҕэ» суоҕа, ол тиэмэ «Биики Домоххо» булгуччу суолтата суох диэн буолбат. Баҕар, оннук сирэй Бикипиэдьийэҕэ айылла илигэ буолуо, эбэтэр суолтаттан атын төрүөтүнэн сотуллубута буолуо (холобур, ааптар быраабын кэһии, энциклопедияҕа сөп түбэспэт курдук суруллубут буолан эҥин).