Иһинээҕитигэр көс

Варламова Анастасия Николаевна

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Анастасия Варламова көстө)

Варламова Анастасия Николаевна (23.03.1948—16.08.2006) — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгиттэн төрүттээх саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.

  •  

Саха ырыатыгар XXI үйэҕэ интэриэс өссө күүстээх буолуоҕа.

  — Ыллыыр омук - кэскиллээх: Дьокуускай, 2017, с.65
  •  

Өрүү лаадыскалаан, олох чэпчэки өрүтүнэн киһи хаһан да үчүгэй буолбат.

  — Ыллыыр омук - кэскиллээх: Дьокуускай, 2017, с.66
  •  

Өскөтүн биир эмэ ырыам ыарахан санааны үрэйэн дууһаны чэпчэппит буоллаҕына - мин дьоллоохпун.

  — Ыллыыр омук - кэскиллээх: Дьокуускай, 2017, с.67
  •  

Ырыа, мин санаабар, итэҕэл биир салаата эбит: киһини турукка киллэрэр, кутун-сүрүн эмтиир.

  — К.Б. Ксенофонтова, Бэргэн этиилэр, Бичик, 2015

Анастасия Варламова туһунан

[уларыт]
  •  

"Биллиилээх ырыаһыт Анастасия Варламова "Аҕам алааһа" диэн ырыатынан культура, искусство эйгэтигэр суолун солонно. Аҕа өйдөбүлүн өрө көтөхтө, кэҥэттэ. Аҕа, кини ырыатыгар, тыа сирин холбуу хоһуйар уус-уран өйдөбүл, айымньы, философия буолла".
 

  К.Д. Уткин. Аҕа өйдөбүлэ. Сах саҕаттан. "Бичик" кинигэ кыһата, Дьокуускай:2000, С.106
  •  

Анастасия Варламова айар үлэтин биир саамай улахан уратытынан буолар: кини ырыалара бары холбоон биир ураты ситими үөскэтэллэр.

  Тумусов Федот Семенович