Бүөтүр Тобуруокап: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
Көннөрүү туһунан суруллубатах |
MF-Warburg (ырытыы | суруйуу) к 30 барылы уктубут: Importing from Incubator |
(уратыта суох)
|
23:41, 8 Бэс ыйын 2018 барыл
Бүөтүр Тобуруокап - саха норуодунай бэйиэтэ.
- Таптыырга буруй суох.
Сүрэхпэр күн ийэм мичээрин |
Үлэҕэ, үөрэххэ даҕаны |
- Сүрэххэ баттах үүммэт.
Тапталы Сир биэрбитэ, |
Сиргэ төрөөн, киһи буолбут |
"Хоhоон - сибэкки дьöрбöтö буолбатах"
Тыл - суруйааччы ытар саата, быhap быһaҕa, кэрдэр сүгэтэ, анньар үҥүүтэ. |
Соҕотох соһорум сыарҕабын, |
Таптаабаты, дьол кырыыр, |
Таҥара диэн чахчы киһи, |
- ...............
Дууһабар сарыалы уматыам, |
- .........................
Таптыыбын Саха сирин |
- ..........................
Дьиктилээх дьиэ -библиотека, |
- ..........................
Эмиийдээбит ийэбит |
- ..............
Куччугуй кутуйах санаалар |
Тапталы кинигэ ааҕаҥҥын, |
Умай, умай күлэ-үөрэ, |
- Илиигин даллат да -күөрэйэ көтө тур!
- Иҥнимэ,толлума,эр санаа, туругур!
- История миэлиҥсэтэ курулуур-
- Кырдьыгы кылбата буруустуур. ..
- Хаһан кини ситэ кылбайар,
- Сымыйа төбөтүн быһа далайар?!
- Киһи диэн,
- Оо,киһи диэн!
- Ол да буоллар,
- Улуу да дьылҕалааххын,
- Улахан да аналлааххын
- Өйүҥ долуой муҥурдаммат,
- Үйэҥ отой бараммат !
..........................
- Кырдьары кымньыылаан биэримэ,
- Кырдьарга тиэтэйэр Ким да суох !
............................
- Илгэлээх итиилээх, бурҕаҥнас тымныылаах,
- Иҥнэри билбэккэ инники дьулуурдаах,
- Самныбат саргыга аналлаах
- Сахаадам барахсан ! Сахаадам!
...............................
- Ийэ дойдуҥ иэйиитэ-
- Эн сүрэҕиҥ иэйиитэ,
- Үйэ сүрэҕин тэбиитэ -
- Эн сүрэҕиҥ тэбиитэ.
.............................
- Үөрэбин дьол диэни
- Күннэтэ көрдүүртэн,
- Ат гынан көлүнэн
- Айааһыы иликтэн.
- Кулгаах уһуга ардыгар
- Куйаар суоҕу истээччи,
- Харах кырыыта сороҕор
- Ханна да суоҕу көрөөччү.
Телевизор эһигини |
Сорох отун-бурдугун |
Мурун- сирэй былааҕа, |
Оҕону, тоҥхоҕор дьону да, |
Ойуурга баар |
***
Күннэр -киһи кэриэтэлэр, |
*
***
Сүрэх хааннарын ититэр |
... ....
* Саха тыла -аар тайҕа ! * Саха тыла - баай байҕал ! * Саха тыла - арҕас хайа! * Саха тыла - мэҥэ халлаан ! * Саха тыла - хаар туундара, * Саха тыла - таалар сыһыы, * Күөгэлдьийэр күөх алаас !
"Айхал, сахам тылыгар !" Алгыс поэматтан.
- Сытыы, быһый сөкүүндэлэр
- Сырсан ааһан истилэр,
- Сүүрүк -устуук мүнүүтэлэр
- Сүр түргэнник көттүлэр.
- Оннооҕор наҕыл чаастар
- Уһаабакка ааһаллар,
- Мөдөөт-көһүүн сууккалар
- Бүтэ охсон хаалаллар.
- Хортуоппуйчаан уолчаан. Остуоруйа.
Т.1 стр375.2010. Бичик.
- Куйуур диэн... Бу улахан кыраабыл эрэ саҕа уктаах, икки нэлэгэр тэриэлкэни кэккэлэтэ туппут саҕа куойалаах кыл тэрил төһөлөөх элбэх саханы өлөр өлүүттэн өрүһүйбүтэ, үрүҥ тыынын өллөйдөөбүтэ буолуой?
- Куйуур. Стр 435.т.1 2010. Бичик.
- ...күөрэгэй сиртэн да,халлаантан да тутулуга суох, хайаларыгар да бас бэриммэт көҥүл көтөр.
- Күөрэгэй. Стр 437. Т 1. 2010. Бичик.
- ..."Кэҕэ тугу сиирин билэҕин дуо? Көр эрэ, кэҕэ : "Тоҕус тыылаах киһи баһын сыатын сиэтэхпинэ тотор этим, топпот этим!"-диир үһү. Кэбис, иһиллии сатаабат буол!"...
* Кэрэ куолас кэҕэ көтөр. Стр 441.
. Т1.2010.Бичик.
- Кэҕэ баай хара тыа кыр өстөөхтөрүн - мөлүйүөнүнэн түүлээх үөннэри суох оҥорон даҕаны төһөлөөх туһаны бар дьоҥҥо аҕаларын биһиги бэйэбит билбэппит...
Баай хара тыа хаан өстөөхтөрүн кытта кыргыһа сылдьар буойун эбээт, кини!
- Кэрэ куолас кэҕэ көтөр. Стр 443.
Т.1. 2010. Бичик.
- Былыр кыһыл оҕону туос биһиккэ, ол аата "туос уйаҕа " сытыараллара, көрөллөрө -харайаллара үһү. Ол бэлиэтинэн Туобуйа диэн ааттаах сир баара ("Туобуйа" диэн сири "Туос уйа" диэнтэн тахсыбыта дииллэрэ) туоһулуур буолуохтаах.
- Туос туһунан тойук. 1 том.2010 Бичик.